«Биир олох - биир тыын»
Норуот тылынан уус-уран чыпчаал буолбут айымньыта – Улуу Олонхобут декадатын чэрчитинэн «SMART 2.0.3» библиотека саха литературатын төрүттээбит, бөлүһүөк суруйааччы А. Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй саха дьахтарын олоҕун көрдөрөр «Сүүһүн туолбут эмээхсин ырыата» айымньытыгар олоҕуран «БИИР ОЛОХ – БИИР ТЫЫН» диэн испиктээк туруорда. Бу испиктээккэ киһи олорор олоҕун кэрдиистэрэ көстөллөр: майгы-сигили уларыйыыта, киһи киһиэхэ сыһыана уонна олох очурдара арылхайдык ойууланар. Оруолларга «SMART 2.0.3» библиотека Култуура киинин үлэһиттэрэ: сүрүн оруолга Ольга Матвеева; тэттик оруолларга: Дьокуускайдаа5ы култуура уонна искусство колледжын устудьуоннара Александр Созонов уонна Айыына Петрова; худуоһунньук: Ньургуйаана Яковлева; туруорааччы режиссёр: Саргылаана Горохова. Участвуем во Всероссийском конкурсе ARTСевера - Зима талантов Мы в социальных сетях: г. Якутск, ул. Ларионова, 12А
Название:
«Биир олох - биир тыын»
Категория:
Разное